САХА ОЛОҢХОТО КИҺИ-АЙМАХ ЧУЛУУ АЙЫМНЬЫТА
БУОЛЛА.
Сэтинньи 25 күнүгэр 2005 с. Парижка аан дойду духуобунай сайдыытын харыстыыр, сайыннарар, ЮНЕСКО тэрийиитинэн «Памятники нематериального духовного наследия человечества» диэн аан дойдутаа5ы тылынан уус-уран айымньы конкурсун кыайыылаахтарын чиэстээбиттэрэ, на5араадалары туттартаабыттара. Бу конкурска араас государстволартан 150-ча сайаапка киирбититтэн дьүүллүүр сүбэ 67 эрэ бастың айымньыны ырыппыт. ЮНЕСКО генеральнай директора Коитиро Мацуура уонна дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Иордания принцессата Басма Бин Талал: « Олоңхо – бастыңнартан биирдэстэрэ!»-диэн үөрэ ааттаабыттара. Хамыыhыйа5а аан дойду бары континеннарын – Африка, Америка, Европа уо.д.а. бэрэстэбиитэллэрэ бааллара.
Онон улуу олоңхобут аан дойду таhымыгар билиниини ылбыта саха дьонугар олус долгутуулаах уонна элбэххэ эбээhинэстиир.
Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон "...олоңхо саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа" диэн эппитэ.