Олоңхо уонна о5о иитиитэ
Олоңхо сүрүн идиэйэтин о5о иитиитигэр маннык хайысханан туһаныахха сөп:
Көрдөрүү. Олоңхо5о сыһыаннаах ойуу-бичик, араас оңоһук, туттар тэрил, мал-сал – барыта көрдөрүүгэ турар, онон о5ону тулалыыр эйгэ олохсуйар. Олоңхону толорон көрдөрүү сүрүннээн дьон мустар кэмигэр буолар. Көрдөрүү бэйэ культуратын билиһиннэрэр; дьону түмэр, биир сыаллыыр; майгыны-сигилини, өйү-санааны тупсарар. Дьон иңэриммит, мунньуммут билиитин олоххо туһанар.
Алтыһыы. Олоңхо сүрүн өйүн-санаатын, тылын-өһүн кытта алтыһыы саха ыйдарынан үлэ5э сылы быhа барар. О5о, ыччат көрбүтүн, алтыспытын түмүгэр бэйэтэ тутан-хабан оңорорго үөрэнэр. Билбиттэрин үрдүнэн со5ус олоххо холоон көрөллөр, идэ ыларга куоһаналлар. Куту-сүрү мунньуналлар, ииттинэллэр. О5о айыл5а5а үгүстүк сылдьан, айыл5алыын алтыһар. Дьыл кэминэн көрөн олорорго үөрэнэр: аһылыга, таңаһа-саба, оонньуута, үлэтэ, тутта-хапта сылдьара айыл5аны кытта сибээстэнэр.
Уhуйуу. Киhи бэйэтин айылгытын, уратытын билэ улаатарыгар кэтээн көрүү көмөлөһөр. Үтүө да мөкү да өттүн билэн бэйэтигэр сөптөөх түмүгү оңостор. Үчүгэй үгэстэри иңэринэргэ, ону тутуһарга аналлаах үөрэх наада. Онон үлэ, өй-санаа мындырын сатыыр, баһылыыр гына иитэн-үөрэтэн таһаарыы, уһуйуу суолтата улахан, ньымата элбэх, араас. Уһуйуу 4 хайысханан сайдар: өйгө-санаа5а, кэрэ5э, дьо5урга-идэ5э, эти-хааны эрчийиигэ.
Такайыы. Толкуйу тобуларга, дьо5уру, ньыманы үөскэтэргэ такайыы көдьүүстээх. Сиэрдээх майгыга иитии, идэни буларга көмөлөһүү сүрүн ньымата – такайыы. Такайыы хайысхатын, суолун-ииһин буларга көдьүүстээх үлэ барар.
Сайыннарыы. О5о өйдүүр дьо5урун сайыннаран, истибитин иңэринэр, өйүгэр тутар, хатыыр; толкуйун сайыннаран, кэтээн көрөр, чинчийэр таһымңа тахсар; этин-сиинин эрчийэр, сайыннаран бө5ө, чэгиэн-чэбдик киһи буолар; араас дьо5урун сайыннаран олоххо бэлэмнээх буолар.
Олоңхо уонна олох
Сиэрдээх майгы. Олоңхо5о айыы дьоно сиэрдээх майгыны тутуhаллар, үтүө үгэһи үөскэтэллэр. Сырдык күүс уонна хараңа күүс мөккүөрүгэр айыы дьоно сырдык санааны, көңүл оло5у, үтүө быһыыны тутуһаллар, оттон абааһы өттө хараңа күүскэ сүгүрүйэр, куһа5ан кэмэлдьини тар5атар. Саха өйдөбүлүн биир сүрүн уратыта: эр киһи уонна дьахтар сыһыана. Кинилэр ытыктаһаллар, өйдөһөллөр, сөбүлэһэллэр уонна тугу барытын сүбэлэһэн оңороллор. Бу өйдөбүл киһи оло5ун устата сал5анан барар сайдыы биир кэрдииһэ буолан, оскуола5а араас көрүңүнэн үөрэтиллэр.
Өй-санаа. Айыы киһитэ өйүнэн да5аны, санаатынан да5аны үрүң күнү кытта сибээстээх. Ол иһин сиргэ үчүгэй өй-санаа олохсуйарыгар кыһаллар. Олоңхо өйдөбүлүгэр оло5уран, санаатын сааһылыыр, өйүн сытыылыыр, толкуйун тобулар өйдөбүллэр ис хоһооннорун үөрэтии барар.
Тыл-өс. Олоңхо5о ойууланар икки утарыта турар күүс тыла-өһө эмиэ утары, уратылаах. Кинилэр өйдөрө-санаалара, майгылара-сигилилэрэ тылларыгар-өстөрүгэр эмиэ көстөр. Абааһы киһитэ чабыланар, киһиргиир тыла куһа5ан, сыыһа диэн өйдөбүлү о5о5о иңэрэргэ көмөлөһөр. Айыы киһитин уус-уран тыла-өһө кими ба5арар умсугутар, кэрэ5э сирдиир. Дьоhун тыл оло5у түстүүр.
Эт-сиин. Олоңхо5о айыы дьонун араңаччылыыр аналлаах бухатыыр хайаан да этин-сиинин эрчийэрэ, уһаарыллара сиһилии ойууланар. Бухатыыр онуоха анал үөрэ5и барар. Олоңхоттон илии-атах оонньуутугар, эт-хаан эрчиллиитигэр, бэйэ этин-сиинин хатарынарга үгүс ньыманы булан, физкультура5а, спортка уларыйыылары киллэриэххэ сөп.
Дьиэ-уот. Сахалыы көстүүлээх, киэргэтиилээх тутуу ис бараанын, тас көстүүтүн олоңхоттон булуллар. Олорор, үөрэнэр дьиэни-уоту, тэлгэһэ иһин тупсаран оңоруу ыытыллар.
Сиэр-туом. Киһи киһиэхэ, айыл5а5а, тулалыыр эйгэ5э сыһыан үтүө үгэстэригэр оло5урбут сиэри-туому билиэхтээх. О5о олох кыра сааhыттан сиэри-туому толоруу судургу өттүн билэр, өйдүүр гына иитиллэр. О5о саас кэрдиис кэмин учуоттаан, тус-туспа чопчу өйдөбүллэри үөрэтэн, туому толоруу тиһигэ (системата) оңоһуллар.
Танас-сап. Таңнар таңас дьыл кэмигэр сөп түбэһиннэрэн уларыйан иһэр. Онон олоңхо дьонун таңаһын идиэйэтигэр, быһыытыгар-тутуутугар, киэргэлигэр-симэ5эр бол5омто ууран чинчийии, үөрэтии салгыы барар. Онон саха таңаһын культурата олохсуйар.
Аһылык. Олонхо5о ордук үрүң ас туһунан элбэхтик этиллэр. Үрүң ас анал иһитэ-хомуоһа сиэдэрэйдээн ойууланар. Улахан түмсүүгэ (ыһыах, уруу) араас ас астанарын, аһылык сиэрэ -туома толору ойууланар. Ордук кымыс иһиитин сиэрин-туомун чорботон бэлиэтиэххэ сөп.
Дьарык, идэ. Идэ үгүс сыранан, элбэх дьарыгынан ситиһиллэрин олоңхоттон эмиэ булуохха сөп. Булчуту, ууһу дьарыктыыр, бухатыыр киһини уһуйар үгүс ньыманы булан, саңа таһымңа таһааран, аныгы олоххо сыһыарыахха, идэ5э дьарыктааһын, уһуйуу технологиятын оңоруохха сөп.
Олоңхо атын омук культуратыгар
1. Олоңхо сүрүн өйдөбүлүн, тылын-өһүн атын омук о5ото культура биир көрүңүн быһыытынан ылынар. Олоңхо — саха культуратын аан дойду культуратын кытта ситимниир кыахтаах айымньы. Кини араас омук тылыгар тылбаастанан Европа да, илиңңи дойдулар да культураларын кытта алтыһар кыа5ы биэрэр.
2. Олоңхо сюжетын, ханнык ба5арар кэрчигин олук хоһоонунан, кэпсээн ньыматынан ойуулаан-бичиктээн оңордоххо, ордук өйдөнөр, бол5омтону тардар, о5о5о сөбулэтэр.
З. Олоңхо персонажтарынан оонньуур оңоруохха сөп. Куукула, дьиэ-уот, иһит-хомуос, мал-сал, туттар тэрил, таңас-сап, киэргэл сиэдэрэй, тупса5ай оңоһуулаах буолла5ына, ким ба5арар сэңээриэ.
4. Электроннай кинигэни хас да омук тылынан бэчээттэтиэххэ сөп.
Түөлбэ олоңхото
Түөлбэ-түөлбэ тус-туһунан олоңхолоох. Онон түөлбэ бэйэтин олоңхотун быһааран, чинчийэн, бэйэ культуратын биир киэн туттар көрүңэ оңоруохха. Онуоха оло5уран, түөлбэ олоңхотун үөрэтии сыала, соруга маннык буолар:
- олоңхо ис хоһоонун о5о барыта билэр;
- атын олоңхоттон уратытын быһаарар;
-олоңхону испиэктээх оңорон туруорарга кыттар;
- ким ба5алаах, дьо5урдаах бу олоңхону толорор;
- түөлбэ5э олорон ааспыт олоңхоһуттары үөрэтэр, а.э. олоңхо историятын чинчийэр.
Түөлбэ олоңхотугар оло5уран, төрөппүттэргэ, атын ким ба5алаахха олоңхо педагогикатын олоххо киллэрии барар.
Олоңхо педагогиката, түөлбэ олоңхотуттан сайдан, олоххо киирэр суолун арааһа элбэх, ньымата үгүс. Үлэ олохтонон истэ5ин аайы хомуллан, биир ситимңэ киирэр, онтон тиһик оңоһуллар.
Онон о5о кыра сааһыттан үөскээбит эйгэтиттэн олоххо тахсарыгар олоңхо педагогиката олук уурар. Ол о5ону төрөөбүт сир - ийэ дойду - аан дойду өйдөбүлүнэн иитэргэ тирэх; кэлэр үйэ5э сайдыылаах омуктарьг кытта тэңңэ турар киһилии сиэрдээх, куттаах-сурдээх саха иитиллэригэр эркээйи буолар.
|