Чт, 28.11.2024, 07:33
Кэпсиэ, до5ор Гость | RSS
Сайт тутула
Категории каталога
Мои статьи [8]
Ыйытык
Оцените мой сайт
Эппиэт барыта: 126
Главная » Статьи » Мои статьи

Барыл

Олоңхо педагогикатын Көрүгэ

(Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт барыла)

Киириитэ

Бу көрүк (концепция) олоңхо сүрүн идиэйэтигэр оло5уран, норуот педагогикатын араас ньыматынан туһанан, саха о5отун билиңңи уларыйа турар быһыыга-майгыга олоххо бэлэмнээх киһилии киһини иитэр кыһал5а тирээбитинэн быһаарыллар.

Олоңхо норуот педагогикатын араас сүрүн өйдөбүлүн, тутулун, тиһигин түмэр. Онон олоңхону сиһилии үөрэтии, чинчийии о5ону олоххо бэлэмнээх киһи гына иитэргэ кыа5ы биэрэр.

Олоңхо педагогикатын олохтооһун уһун процесс. Онон са5алааһын бастакы түһүмэ5э 2004-2014 сс. барар.

Олоңхо педагогикатын билиңңи туруга.

Олоңхону тылынан уус-уран айымньы быһыытынан о5о садыгар, кыра кылааска билсиһии, орто уонна үөһээ кылаастарга айымньыны үөрэтии оңкулунан барар. Оскуола5а сүрүн олоңхолор «Эрчимэн Бэргэн» (С.С.Васильев), «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (П.А.Ойуунускай) кылааска, «Күн Эрили», «Үөлэн Хардааччы», «Дьырыбына Дьырылыатта», «Кыыс Дэбилийэ», «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» кылаас таhынан аа5ыыга үөрэтиллэллэр.

Республика5а олоңхону толорорго уhуйуу биирдиилээн куруhуок, студия чэрчитинэн барар. Олоңхону сцена5а туруорууга, о5о толоруутугар ситиhиилээхтик үлэлиир улуустар бааллар: Сунтаар, Чурапчы, Таатта, Уус-Алдан, Муома, Амма.

О5о олоңхону чинчийиитэ кэлин тэнийэн, тэтимирэн иhэр. Онон бу хайысха саңа сайдар.

О5о олоңхону аахпытыттан, истибититтэн уруhуйдуур. Манна республика5а бастың үлэлээх о5о ахсаана сылтан сыл эбиллэр.

О5олор олоңхону өйдүүллэригэр, олоңхону дьарык оңостоллоругар улуу суруйааччыларбытыгар, бөлөhүөктэрбитигэр А.Е.Кулаковскайга, П.А.Ойуунускайга, А.Е.Мординовка, И.В.Пуховка аналлаах тэрээһиннэр, «Мин олоңхо дойдутун о5отобун»ө анал көрүү, «Ленский край» форум чэрчитинэн үлэлиир оскуола, кылаас таһынаа5ы үлэ араас көрүңэ олук уураллар, бө5ө тирэх буолаллар.

О5олорго анаан ыытыллар «Кэскилгэ хардыы» научнай-практическай конференция – олоңхону чинчийэн, киэң билиигэ таһаарарга, о5о толкуйун сайыннарарга улахан тирэх.

Ол гынан баран, олоңхо педагогикатын тустаах үөрэтии, анаан-минээн чинчийии ыытылла илик.

Этнопедагогиканы төрүттээбит профессор, академик Г.Н.Волков олоңхону маннык сыаналаабыта: «…олонхо самое концентрированное выражение духовной жизни якутского народа. Если, по словам Платона, Гомер воспитал Элладу, то олонхо воспитал народ страны саха…». Онон саханы саха оңорбут олоңхо бары өттүнэн чинчийиини, ырытан көрүүнү, онно оло5урбут педагогическай үөрэ5и эрэйэр.

Олоңхону үөрэтии о5оттон ураты өссө төрөппүт, бары предмет учуутала билэрин ситиhии чэрчитинэн барар. Онтон бары көмөлөөн, ырытан олоххо киллэрии ньымалара толкуйданыллар. Олоңхо педагогическай үөрэх биир бастың көрүңүн быһыытынан сайдар.

Онон олоңхо педагогикатын олохтуурга бары көмөлөһөр средствоны: кинигэни, альбому, аудио-видеоматырыйаалы, киинэни о.д.а. – толкуйдаан, айан таhааран муңутуур көдьүүстээхтик туһаныллар.





Сыала, соруктара




Сүрүн сыала: олоңхо педагогикатын олохтооһун.

Олоңхо педагогикатын олохтуурга маннык соруктар тураллар:

1.Сөптөөх усулуобуйа тэриллэр:

Нормативнай-правовой: нормативнай-правовой докумуоннары оңоруу;

Тэрийэр-салайар: чинчийэр, холоон көрөр үөрэх тэрилтэлэрин, кинилэри салайар тэрилтэлэри быһаарыы; үлэ ис хоһоонун ырытан оңоруу.

Научнай – методическай:

- олоңхо педагогиката олоххо киирэр моделын ырытыы; ис хоһоонун оңоруу;

- холоон көрөр, чинчийэр үлэ5э научнай-методическай ыйыылары оңоруу;

- кэтээн көрүү (мониторинг) механизмын ырытыы, олоххо киллэрии, түмүгү оңоруу.

Үп-харчы: холоон көрөр, чинчийэр үлэ бары көрүңүн үбүлээһин, онуоха федеральнай, республиканскай, олохтоох үптэн анал көрүүнү ситиһии.

2. Үөрэх тэрилтэлэригэр Олоңхо Кииннэрин, түмсүүлэри тэрийии;

3. Дьо5ус бырайыактары оңоруу, олоххо киллэрии.

Сүрүн хайысхалар:

- олоңхо тыла – о5о5о: о5о тыла байар, сайдар эйгэтин тэрийии, туһаныы; о5о толкуйун эрчийии;

- олоңхо философиятын үөрэххэ туһаныы: о5о саас кэрдиис кэминэн олоңхо иитэр-үөрэтэр хайысхаларын үөрэх бары предметтэригэр киллэрии;

- олоңхону о5о иитиитигэр туhаныы: олоңхо сүрүн санаатынан о5ону иитэргэ маннык хайысхалары туһаналлар: көрдөрүү, алтыһыы, уһуйуу, такайыы, сайыннарыы;

- олоңхо сүрүн идиэйэтин, көрүүлэрин олоххо-дьаһахха туhаныы: сиэрдээх майгы, өй – санаа, тыл-өс, эт-сиин, дьиэ-уот, сиэр-туом, таңас-сап, аһылык, дьарык, идэ;

- олоңхону атын омук культураларыгар алтыһыннарыы, таhаарыы: Саха сирин, Россия, аан дойду араас омугун тылыгар тылбаастаан, араас ньыманан, средствонан, технологиянан тар5атыы;

- түөлбэ олоңхото: түөлбэ олоңхотун о5ону патриотическай тыыңңа иитэргэ туһаныы, төрөөбүт сир – ийэ дойду – аан дойду өйдөбүлүн иитии.



«Олоңхо педагогиката» көрүгү олоххо киллэрэр хайысхалар.

Олоңхо философиятын үөрэххэ туһаныы.



Үһүгэр диэри саастаах кыраачааннар айыы бухатыырын, кыыһын-уолун аатын билэ, араара үөрэнэллэр, олоңхо5о сыһыаннаах тылы истэ, өйдүү, саңара улааталлар, таабырыны таайса оонньууллар. Ол олоңхону истэргэ бастакы үөрүйэхтэрин иңэрэр.

О5о сыыйа улаатан барыытыгар олоңхо тылын истэ, айыы уонна абааhы бухатыырдарын, дьонун-сэргэтин араара үөрэнэр. Айыы дьоно сырдыгы тар5аталлар, абааһы өттө хараңаны, куһа5аны батыһаллар диэн өйдөбүлү сыыйа быһааран бараллар, сорох олугу саңара үөрэнэллэр.

Кыра кылаас үөрэнээччилэрэ олоңхо сирин-дойдутун, халлаан эттиктэрин, дьонун-сэргэтин олук хоһоонноруран үөрэтэн билиилэрин кэңэтэллэр.

Ортоку уонна үөһээ кылааска үөрэнэр предметтэрин ис хоһоонугар, табыгастаа5ынан көрөн, олоңхо өйдөбүллэрин үөрэтии барар. Ол ордук саха, нуучча, омук тылларыгар, саха, нуучча литературатыгар, история5а, ырыа, уруhуй, физкультура, үлэ предметтэригэр арылхайдык көстөр.

Олоңхо саха өйүн-санаатын толору көрдөрөр. Кини философскай күүстээх, бары өйдөбүллэрэ научнай хабааннаахтар. «А5ыс иилээх-са5алаах, алта киспэлээх Аан ийэ дайды» айыллыа5ыттан, кини үс дойдутугар буолар быһыы-майгы, олох-дьаһах бүтүннүүтэ туох эрэ сыаллаах-соауктаах, тус-туспа өрүттээх. Манна ал5ас эбэтэр түбэспиччэ туох да оңоһуллубат, ханнык да быһылаан, быһыы-майгы кэпсэммэт, барыта орун-оннугар, бэйэ-бэйэтиттэн тахса турар гына ойууланар. Бу өттүнэн математика, география, физика, астрономия, черчение курдук предметтэр ордук сыһыаннаахтар, манна бэриллэр тирэх өйдөбүллэр олоңхо оңкулугар, сорох өттө тутулугар оло5уруох кэриңнээхтэр.

О5о ону-маны өйдүүр буолуо5уттан саңарарга үөрэнэр. Оттон уус-уран тылга сыыйа киирэр, онуоха олоңхо туохха да кэмнэммэт кылаат буолар. О5о уруоктан ураты күннэтэ олоңхо уус-уран тылын билэригэр, туттарыгар кыах үөскэтии, бол5омто баар буолуохтаах. Кини кыра сааһыттан биирдиилээн тылынан, этиинэн саңара үөрэнэн баран, оскуоланы бүтэрэригэр сатаан өйдүүр, бэйэтин тылынан кэпсиир, кыаллар буолла5ына, толорор.

Олоңхоттон саха хантан хааннаа5ын, кимтэн кииннээ5ин саба5алыыр кыах баар буолуо. Онон олорон кэлбит олохпутун, историябытын үөрэтии атын оңкулунан барарыгар саңа көрүүлэр баар буолуохтара.

Саха – нуучча – омук тылларыгар силлиспит (интегрированнай) үөрэтиини киллэриэххэ сөп. Онуоха тиэмэлэри табыгастаахтык талар, наардыыр сорук турар. Маннык тиэмэлэри киллэриэххэ сөп: саха сиэрэ-туома, таңаһа-саба, иһитэ-хомуоһа, дьиэтэ-уота о.д.а.

 

Категория: Мои статьи | Добавил: admin (03.03.2008)
Просмотров: 2361 | Комментарии: 1 | Рейтинг: 0.0/0 |
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]
Киирии формата
Google
До5отторбут
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright Almaas © 2024