Москва5а буолбут бүтүн аан дойдутаа5ы кинигэ быыстапкатын туhунан анал ыстатыйа «Литературная Россия» хаhыат 1975 сыл бала5ан ыйын 5 күнүнээ5и нүөмэригэр бастакы балаhа5а тахсыбыта. Онно Ойуунускай олоңхото биллиилээх тылбаасчыт – поэт В.В.Державин тылбааhынан нууччалыы тахсыбыта үгүс көрөөччүлэр бол5омтолорун чуо тардыбытын, омук сирдэриттэн сылдьар ыалдьыттар дьиктиргээн, сө5ө-махтайа көрбүттэрин туhунан кэпсэнэр. Ол иhин да5аны саха героическай эпоhын бу боччумнаах таhаарыыга «Кинигэ - 1975» диэн быыстапка анал дипломунан на5араадаламмыта. Саха олоңхотун кытта киэң аа5ааччы Владимир Державин тылбааhыттан кылгас быhа тардыылары ити ааттаммыт хаhыат сирэйиттэн өссө эрдэ билсибитэ. Онно олоңхо киирии тыла, Орто дойдуга Күн улууhун дьоно олохсуйуутун ойуулуур эпическэй хартыыналар киллэриллибиттэрэ. Маны таhынан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» туспа кинигэнэн тахсыан иннинэ бүтүн аан дойдутаа5ы уус-уран литература библиотекатын маңнайгы сирэйигэр олоңхоттон быhа тардыы бэриллибитэ. Бу сиэрийэ киириитигэр Владимир Державин тылбааhа талааннаахтык оңоhуллубутун уонна тылбаас көмөтүнэн олоңхо үрдүк культуралаах аа5ааччылар дьүүллэригэр тахсарын таба сыаналаан суруйбуттара. Өр сылларга сыралаах үлэтин түмүктээн, тылбаасчыт В.Державин 1971 сыл сэтинньитигэр Саха сирин Суруйааччыларын союhун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Семен Петрович Даниловка маннык ис хоhоонноох суругу ыыппыт: «Дьэ, үлэм түмүгүн, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхо тохсус ырыатын, эйиэхэ ыытабын. Иннокентий Васильевич Пухов сахалыытын кытта тэңнээтэ уонна эрэдээксийэлээтэ. Сүңкэн үлэ түмүктэннэ уонна саха улуу олоңхото аан дойдуга айыллыбыт улуу эпостар кэккэлэригэр бочуоттаах миэстэни ылыа5а диэн мин бүк эрэнэбин». Күн бүгүн интернационалист, тылбаасчыт-поэт Владимир Державин өрө көтө5өллүүлээх этиитин олох бэйэтэ бигэргэтэр. В.В. Державин ярославскай уобалас Нерехта куоратыгар 1908 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини төрөөбүт ийэтэ тыа сирин учуутала, а5ата эмчит этэ. Володя о5о сааhа Унже өрүс үрдүгэр турар Кологрив куоракка уонна кэрэ көстүүлээх, баай айыл5алаах Волга кытылыгар ааспыта. Кини бэйэтэ аhа5ас эттээх, тугу истибитин өйүгэр-санаатыгар иңэринэн иhэр, билиигэ-көрүүгэ тардыhыылаах о5о буола улааппыта. Эгэлгэ элбэх остуоруйаны уонна былинаны билэр Елена Ивановна диэн ньээньэтин сыңаа5ын анныттан арахпат буолара. Уолчаан төрөөбүт эбэтэ Евдокия Васильевна Панова декабристартан төрүттээх-уустаах киhи буолан дьиэтигэр баай библиотекалаа5а. Володя төрөөбүт тылыгар тапталы, умсул5аны аан бастаан онно билбитэ. Кострома оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан уон иккититтэн ойуулуур-дьүhүннүүр студия5а ситиhиилээхтик дьарыктаммыта. 1925-1930 сыллардаахха Москва5а Бүтүн Союзтаа5ы художественнай мастарыскыайга живопись факультетыгар үөрэммитэ. Кини ол кэмңэ уруhуйдуурун сэргэ хоhоон суруйара. Владимир Державин Горькайы кытта көрсөр дьолломмута. Улуу суруйааччы эдэр поэт хоhооннорун биhирээн, санаатын көтөхпүтэ. Хоhооннорун бастакы хомуурунньуга 1936 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. В.В.Державин отутус сыллардаахтан оччотоо5у Советскай Союз норуоттарын литератураларын тылбаастааhынынан утумнаахтык дьарыктаммыта. Манна кини айар талаана киэң далааhыннаахтык арыллыбыта. Владимир Державин сүүрбэттэн тахса норуот чулуу айымньыларын тылбаастаан нууччалыы саңардыбыта. Олор истэригэр казахтар «Камбар Батыр», латыштар «Лачплесис», эстонецтар «Калевипоэг», армяннар «Давид Сасунскай», узбектар «Арзигуль» курдук эпостарын дойду аа5ааччыларыгар тиэрпитэ. Кини тылбааска үлэлээhинин далааhына сүрдээх киэң. Ону А.С.Пушкин аатынан республиканскай библиотека национальнай уонна краеведческай литература5а салаатын үлэhиттэрэ Е.П.Быллырытова, И.Г.Макаров кыhанан-мүhэнэн таhаартарбыт «Владимир Державин» диэн био-библиографическай ыйынньыктарыттан аа5ан билиэххэ сөп. Тылбаасчыт мындыр уонна унньуктаах үлэтин со5отох итинтэн эрэ да5аны көрөн астына5ын. Бу оло5ун тиhэх күннэригэр сахалар героическай эпостарын туруулаhан туран тылбаастаан бүтэрбит Державиңңа, кини үтүө аатыгар сүгүрүйүүбүт сэмэй бэлиэтинэн буолар. Владимир Державин Саха народнай поэта Семен Данилов бу хайысханан туруорсар ыллыктаах тылын ылынан, П.А.Ойуунускай суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхотун нууччалыы тылбаастаабыта. Кини бу бүтэhик, тиhэх үлэтэ этэ. Олоңхо тылбааhа 1975 сыллаахха туспа кинигэнэнбэчээттэнэн тахсыбыта. Уус-уран тылбаас аа5ааччылар уонна идэлээх дьон биhирэбиллэрин ылбыта.
|