Чт, 28.11.2024, 07:34
Кэпсиэ, до5ор Гость | RSS
Сайт тутула
Категории каталога
Мои статьи [8]
Ыйытык
Оцените мой сайт
Эппиэт барыта: 126
Главная » Статьи » Мои статьи

Олонхо хаhан...

 Норуот эпостара – сахаларолоңхолоро, алтецтар кай чөрчөктөрө, хакастар алыптың нымахтара, былыргы грек Гомер «Илиадата» уонна «Одиссеята», индиецтар «Махабхараталара» уонна «Рамаяналара», буряттар уонна монголлар «Гэсэрдэрэ», киргизтэр «Манастара»,калмыктар «Дьангардара», нууччалар былиналара о.д.а. – бу бухатыырдар өстөөхтөрүн кытары охсуһан, кыргыһан кыайыыларын - хотууларын, албан ааттаах дьайыыларын тустарынан устар ууну сомо5олуур, ылба5ай тылынан-өһүнэн сэһэргиир, бэйэлэрин кэмнэригэр ааттаммыт омуктарга саамай тапталлаах, кинилэр духовнай культуралара сайдыытыгар уһулуччу суолталаммыт сүдү айымньылар. Бу эпостарга норуоттар былыргы олохторо-дьаhахтара, өйдөрө-санаалара, сиэрдэрэ- майгылара, мифологиялара, итэ5эллэрэ, кэрэ туһунан өйдөбүллэрэ тыктарыллан көрдөрүллэр. Бу айымньылар киһи-аймах культуратын быстыспат, мэлдьэhиллибэт сор5ото буолаллар.


Ити эпостар адьаhын былыр айыллыбыттар, чинчийээччилэр этэллэринэн Гомер айымньылара -2700-2500, «Махабхарат» - 2400-4500, «Рамаяна»- 2200-1800, «Манас»-1000, «Дьангар»- 550 сыллаа5ыта.

Оттон олоңхо хаhан үөскээбитэй? В.Ермолаев Саха эпоһа VII-IХ үйэлэргэ, ол аата 1400-1100 сыллаа5ыта айыллыбыт диир (Хотугу сулус, 1979, №1,99 с.). Кини бу түмүктээһини Со5уруу Сибиир түүрдэрин таас киһи оңоһуктара олоңхо5о көрдөрүллэллэр диэн санаа5а оло5уран оңорбут. Мин санаабар, олоңхолор хаһан үөскээбиттэрин быһаарарга бу айымньылары атын түүрк омуктар эпостарын кытта тэңнээн, эпос чахчыларыгар оло5уруохха наада.

Учуонайдар этэллэринэн, олоңхо Со5уруу Сибиир түүрдэрин уонна буряттар эпостарыгар маарынныыр. Биллиилээх историк, акдемик А.П.Окладников «Саха сирэ нуучча госудаствотыгар холбонуллуон иннинэ» (1955) диэн үлэтигэр сахалалар со5урууттан төрүттээхтэрин дакаастыырыгар кинилэр уонна атын түүрдэр культуралара, тыллара маарыннаһалларын туhунан суруйар итиэннэ олоңхону ити омуктар эпостарыгар тэңнээн көрөр. Кини бу эпостарга куруутун сайын сатыылаабыт,өлгөм оттоох - мастаах, кыыллаах, көтөрдөөх эпическай дойду, бухатыыр до5отторо, Аллараа дойду баһылыктара, геройдар кэргэн ылар кыргыттарын патриарх а5алара, мифологическай тимир уустара, бухатыыр ата, айымньыны түмүктүүр ыһыах-той, бухатыыр атынан айана уонна өстөөхтөрүн кытары охсуһуута, кэрэ кыыс, дьахтар
дьүһүнүн ойуулааһын маарыннаhаллар диир.

Биллиилээх фольклорист Е.М.Мелетинскай «Героическай эпос төрүттэниитэ» (1963) диэн кинигэтигэр түүрк, монгол омуктар эпостарыгар маарыннаһар героическай сыбааттааһын, дьикти күтүрдэри кытары охсуһуу, кэм-куйаар фона, төрөппүттэрин билбэт со5отох герой, дьикти төрөөһүн, герой балта, дьахтар бухатыырдар, героика баалларын тустарынан суруйар.

Саха бөдөң эпосолога И.В.Пухов «Сибиир түүр, монгол омуктар эпостара» (1975) диэн ыстатыйатыгар ааттаммыт норуоттар эпостарыгар баар уопсай уратылар бу омуктар биир төрүттээх уонна былыр ыаллыы олорбут буоланнар үөскээбиттэр диир. Ол курдук олоңхолорго уонна алтаецтар «Маада-Кара» эпостарыгар биис ытык маһа ойууланар, бухатыыры ааттыырга кини атын аата кытта этиллэр, бухатыырдар мэтириэттэрэ, бухатыыр атын хоһуйуу, кини атынан айаннааһына, эргэ тахсыбыт кыыс сүөһүнү илдьэ барыыта маарыннаһаллар. Эхирит-булагатскай «Гэсэр»уонна олоңхолор маарыннаһар уратылара геройдар дьикти күтүрдэри кыайыылара, мифологическай тимир уустара, муударай о5онньоттор (Сээркээн Сэһэн, Зарлиг), тиэнгрийдэр-таңаралар бааллара. Оттон олоңхолорго уонна хакастар, тувинецтар, шорецтар эпостарыгар сэһэргээhин аан дойду айыллыытын са5аланара, герой со5ото5о, кини дьиктитик төрөөһүнэ уонна оонньуулара ханыылыылар.

Итиннэ эбэн эттэххэ олоңхолор уонна Со5уруу Сибирдээ5и түүрк омуктар эпостарын жанровай ис хоһоонноро маарыннаһар: үтүө санаалаах бухатыыр уһулуччу хорсуннук-хоодуоттук, дьулуурдаахтык, тулуурдаахтык охсуһан-кыргыһан бары өстөөхтөрүн кыайар, онон эйэлээх, дьоллоох олох кэлэр. Бэйэтин норуотун араңаччылааччы бухатыыр Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга кытта сылдьар, кыргыһар, куйаары барытын баһылыыр. Ол аата бу айымньыларга омук бүттүүн аан дойдуга туругуруута көрдөрүллэр.

Бу эпостарга ханыылыы жанровай хронотоп (кэп-куйаар) баар. Айымньы мифкэ хабааннаах кэмтэн – аан дойду айыллыытыттан са5аланар, бу бириэмэ5э Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар мифологическай куйаардарга сөп түбэһэллэр. Бу айымньылар жанровай формалара эмиэ маарыннаһар: баларга биһирэбиллээх уонна омсолоох персонажтар утары туруоруллаллар, - бастакылар үтүө санаалаахтар, кэрэ дьүhүннээхтэр, үчүгэй куолаастаахтар, иккистэр куһа5ан санаалаахтар, куһа5ан сирэйдээхтэр – быһыылаахтар, куруубай куоластаахтар. Бухатыырдар көннөрү киһиттэн таһыччы дьикти дьо5урдаахтара эмиэ ханыылыы – кинилэр араас кыылларга, көтөрдөргө, үөңңэ-көйүүргэ, окко-маска кубулуйаллар, аны туран магическай дьо5урдаахтар,-ойохтору эбэтэр балтыларын түү мөкүнүгэр, кыһыл көмүс биһилэххэ, ытар5а5а, аттарын чокуурга, даккыга, үүнэн турар маска , оттон да атыңңа кубулуталлар.

Онон олоңхолор уонна Со5уруу Сибиир түүрк омуктарын эпостара маарыннаһаллар, биир кэмңэ үөскээбит буолуохтаахтар. Со5уруу Сибиир түүрдэрин эпостара хаһан айыллыбыттарын ученайдар быһаарбыттара. Археолог М.П.Грязнов «Со5уруу Сибиир норуоттарын героическай эпостарын былыргы пааматынньыктара» диэн ыстатыйатыгар суруйбута: «…өскөтүн саңардыыңңа диэри дойдубут норуоттарын героическай эпоһа а5ыйах үйэ саастаа5ынан аа5ыллар эбит буолла5ына, кэнники сылларга чинчийээччилэр бу эпос олус былыргытын, байыаннай -демократическай тутул са5ана, биhиги территорияларбытыгар эрдэтээңи көс омуктар кэмнэригэр, биhиги эрабыт иннинээ5и 1 тыhыынча сыл иккис аңарыгар үөскээбитин туһунан санаа5а кэлэллэр» (археологическай хомуурунньук, №3, Л. 1961, 32 с.).

Бурят фольклориһа Г.О.Гуденко суруйар: « Баар чахчылар адьаһын былыр Киин Азия5а уонна ыаллыы Со5уруу Сибииргэ олохтоох түүрк-монгол норуоттар өбүгэлэригэр зональнай эпическэй биир буолуу (общность) бара диэн саба5алыыр кыа5ы биэрэллэр. Тагарскай эпоха5а (биhиги эрабыт иннинээ5и VII-I үйэлэргэ) синкретическэй искусство арахсыыта сүнньүнэн бүппүтэ, салгыы сайдыы икки сүрүн ситимэ чуолкайдаммыта, - итэ5эл, ойуун киэнэ уонна фольклорнай, эпическэй» (Киин Азия уонна Со5уруу Сибиир норуоттарын эпостара үөскээһинигэр зональнай биир буолуу туһунан // Монголия культурата орто үйэлэргэ уонна саңа кэмңэ.-Улан-Удэ, 1986, 100-101 с.).


Биhиги олоңхобут ити эпостары кытта биир кэмңэ түң былыр, быһа холуйан 2300 сыллаа5ыта үөскээбит быһыылаах.

Категория: Мои статьи | Добавил: admin (03.03.2008)
Просмотров: 2220 | Комментарии: 1 | Рейтинг: 0.0/0 |
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]
Киирии формата
Google
До5отторбут
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright Almaas © 2024