Чт, 28.11.2024, 07:50
Кэпсиэ, до5ор Гость | RSS
Сайт тутула
Категории каталога
Мои статьи [8]
Ыйытык
Оцените мой сайт
Эппиэт барыта: 126
Главная » Статьи » Мои статьи

Олонхо педагогикатын...

Олоңхо педагогикатын түстүө5үң



Ф.В.Габышева, Саха Республикатын үөрэ5ин министрэ-

Биhиги олоңхобут аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын иhигэр киирбитэ барыбытыгар үрдүк үөрүүнү тэңэ улахан эппиэтинэҺи сүктэрэр.
Олоңхо кыа5ын күннээ5и олохпутугар туҺанар кэммит кэллэ.
Олоңхо, биллэн турар, туох – ханнык иннинэ уус-уран тыл кылаан чыпчаала, киhи уйул5атын аймыыр, күүстээх иэйиини уҺугуннарар ча5ылхай айымньы.
Олоңхо өйү-санааны сайыннарар, дириңэтэр, бол5омтону тардар, киэңник эңсэн толкуйдуур, анаарар дьо5уру, толкуйдатар санааны иитэр күүһүнэн уратылаах.
Олоңхону тылынан уус-уран айымньы быһыытынан о5о садыгар, кыра кылааска билсиһии, орто уонна үөһээ кылаастарга айымньыны үөрэтии оңкулунан барар. Оскуола5а сүрүн олоңхолор «Эрчимэн Бэргэн» (С.С.Васильев), «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (П.А.Ойуунускай) кылааска, «Күн Эрили», «Үөлэн Хардааччы», «Дьырыбына Дьырылыатта», «Кыыс Дэбилийэ», «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» кылаас таhынан аа5ыыга үөрэтиллэллэр.
Республика5а олоңхону толорорго уhуйуу биирдиилээн куруhуок, студия чэрчитинэн барар. Олоңхону сцена5а туруорууга, о5о толоруутугар ситиhиилээхтик үлэлиир улуустар бааллар: Сунтаар, Чурапчы, Таатта, Уус – Алдан, Муома, Амма.
О5о олоңхону чинчийиитэ кэлин тэнийэн, тэтимирэн иһэр. Онон бу хайысха саңа сайдар. Манна о5олорго анаан ыытыллар «Кэскилгэ хардыы» научнай-практическай конференция улахан тирэх.
О5олор олоңхону өйдүүллэригэр, олоңхону дьарык оңостоллоругар улуу суруйааччыларбытыгар, бөлөһүөктэрбитигэр А.Е.Кулаковскайга, П.А.Ойуунускайга, А.Е.Мординовка, И.В.Пуховка аналлаах тэрээһиннэр, «Мин олоңхо дойдутун о5отобун» анал көрүү, «Ленский край» форум чэрчитинэн үлэлиир оскуола, кылаас таһынаа5ы үлэ араас көрүңэ олук уураллар, бө5ө тирэх буолаллар.
«Мин олоңхо дойдутун о5отобун» конкурс тэриллибитэ 10-ча сыл буолла. Конкурсу культура үлэһитэ З.Г.Сысолятина, учуонайдар В.В.Илларионов, Г.С.Попова-Санаайа иилээн-са5алаан тэрийэллэр. Бу үчүгэй тэрээһин о5о олоңхону толорор эрэ буолбакка, кыра сааhыттан сэңээрэр, тылыгар-өһүгэр суолта уурар, чинчийэр буоларыгар олук уурарын бэлиэтиибит.
Оскуола5а олоңхону үөрэтиигэ Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт үлэһиттэрэ анаан-минээн үлэлииллэр. Ол курдук, институт сүрүннүүр научнай үлэһитэ, филологическай наука кандидата Н.И.Филиппова 1976 сылтан утумнаахтык үлэлиир. Кини төрөөбүт литература программаларыгар киирбит олоңхолору үөрэтэргэ учууталларга аналлаах «Оскуола5а олоңхону үөрэтии» методическай пособиены өссө 1981 сыллаахха таһаартарбыта. Билигин хайысхалаах үөрэххэ туттуллар элективнэй курска олоңхо тылыгар программаны, пособиены, үөрэх кинигэлэригэр олоңхоттон быhа тардыылары таңан оңортолообута учуутал үлэтигэр бө5ө тирэх буолар. Нина Игнатьевна олоңхо сүрүн өйдөбүллэригэр дириң чинчийиилэри ыытан, 2000 сыллаахха «Собственные имена персонажей героического эпоса олонхо: структура и содержание» кандитатскай диссертацияны ситиhиилээхтик көмүскээбитэ.
Саха сирин оскуолаларыгар олоңхону сырдатар, уhуйар, үөрэтэр айымньылаахтык үлэлиир учуутал, детсадка иитээччи үгүс. Кинилэр уопуттарын түмэр инниттэн бары улуустарга учуутал үлэтин сырдатарга анал суруктары ыыппыппыт. Ол сыыйа-баайа кэлэн эрэр. Ити суруктарга оло5уран, олоңхону сырдатааччылар, үөрэтэр учууталлар, толорор о5олор тустарынан Баан олохтоотубут. Ону Н.И.Филиппова салайар.
Пед. наука доктора, профессор Е.М.Поликарпова оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5о тэрилтэтигэр хас да сыллаах олоңхо5о аналлаах холоон көрөр дьарыктары салайан о5о, ийэ, а5а, иитээччи махталын ылла. Кини олоңхо5о аналлаах ойууну кырааскалатар кинигэлэри айан оңордо. Бүлүү педколледжын преподавателэ М.Т.Гоголеваны кытары «Олоңхону – ыччакка» монографияны суруйан бэчээттэттилэр.
Пед. Наука кандидата Е.П.Чехордуна о5ону сааһынан арааран үс кинигэни таһаартарда: кыра саастаах о5олорго аналлаах «Олоңхо дойдута», кыра кылааска «Олоңхо тыла-өһө», орто саастаах о5о5о «Олоңхо эйгэтэ» (Е.П.Ивановалыын). Кинигэлэри Г.И., И.И.Поповтар, Н.Е.Ябловская, И.Ю.Пестряков, С.Е.Старостина сиэдэрэй ойуулара бары өттүнэн байыталлар.
Олоңхо педагогиката диэн өйдөбүлү аан маңнай Россия айымньылаах педагогикатын Академиятын академига, норуот педагогикатын Ороһутаа5ы музейын төрүттээччи К.С.Чиряев киллэрбитэ. Кини 1998 с. «Олох педагогиката» диэн дириң ис хоһоонноох боччум үлэни таһаартарбыта. Кинигэ5э «Олоңхо педагогиката» диэн анал кэрчик баар. Олоңхо үөрэтэр, иитэр өттүн үрдүктүк сыаналаан маннык суруйбута: «Олоңхо иитэр, үөрэтэр суолтатынан педагогическай энциклопедия5а холоонноох… Олоңхо киhи өйүн- санаатын сайыннарара, дириңэтэрэ, атыннык эттэххэ, үөрэтэрэ, педагогическай функцияны ырааһынан толороро диэн эмиэ баар эбит».
Биhиги бастакы этнопедагогпут В.Ф.Афанасьев саха о5ону иитэр ньыматын киэңник ырытар үлэлэригэр олоңхо5о сигэммитэ үгүс.
Олоңхо норуот педагогикатын сүрүн өйдөбүлүн, тутулун, тиһигин түмэр. Онон олоңхону сиһилии үөрэтии, чинчийии о5ону олоххо бэлэмнээн киһи гына иитэргэ кыа5ы биэрэр.
Ол гынан баран, олоңхо педагогикатын тустаах үөрэтии, анаан-минээн чинчийии ыытылла илик.
Олоңхо педагогикатын олохтооһун уһун процесс. Бастакы түһүмэх са5аланна.
Олоңхо педагогикатын олоххо киллэрэргэ бары кыттарбыт наада. Онон учуутал, чинчийээччи, иитээччи, төрөппүт бары көмөлөөн, ырытан олоххо киллэрии ньыматын толкуйдуохтаахпыт. Олоңхо үөрэтэр-иитэр үлэ5э сүрүн тирэх быһыытынан сайдыахтаах
Онон сибээстээн, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн олоңхону сырдатааччыларга аналлаах улахан түмсүүнү (форуму) былаанныыбыт. Барыта 9 түһүлгэнэн үлэлиэхпит: «Олоңхону ыалга, о5о садыгар киллэрии», «Гуманитарнай үөрэх тиһигэр олоңхону киллэрии», «Олоңхону-технологическай үөрэхтээhиңңэ», «Олоңхону естественнай-научнай үөрэх тиһигэр киллэрии», «Олоңхо гражданскай үөрэхтээһиңңэ суолтата», «Олоңхо уонна эстетическэй үөрэхтээһин», «Олоңхо - аныгы информационнай эйгэ5э», «Олоңхо5о эти-сиини эрчийэр, доруобуйаны тупсарар ньымалар», «Олоңхо уонна культуралар алтыһыылара».
Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр 2004 сылтан о5олорго, төрөппүттэргэ, учууталларга, иитээччилэргэ аналлаах «Олоңхо педагогиката» диэн серия олохтонно. Үс кинигэ та5ыста.
Бастакы кинигэ5э саха суруйааччылара олоңхо иитэр-үөрэтэр күүһүн бэлиэтиир этиилэрэ, көрүк (концепция) барыла, олоңхо билиңңи кэмңэ туруга, кэлэр өттүгэр хайдах буоларыгар санаалар киирдилэр.
Иккис кинигэ5э кэлиңңи сылларга, Саха Республикатыгар национальнай оскуоланы сайыннарыы концепцията олоххо киириэ5иттэн, олоңхо5о сыhыаннаах араас өрүттээх киэң үлэ барбытын Таатта улууһун Тыараһа орто оскуолатын үлэтигэр холобурдаан көрдөрүллэр.
Үһүс кинигэ5э олоңхону билиһиннэрэргэ республика5а айымньылаахтык үлэлиир о5о садтарын үлэтэ сырдатыллар. Манна утумнаахтык үлэлиир иитээччилэр уопуттара киэң сэңээриини ылыа5а.
Кэлэр өттүгэр ити хайысхалар салгыы сайдыахтара. Биирдиилээн оскуола, коллектив, куруһуок, студия үлэтин сырдатыы барыа5а. Олоңхону анаан-минээн чинчийбит учуонайдар, сырдатааччылар үлэлэриттэн олоңхо иитэр-үөрэтэр өттүн билиһиннэрии былааннанар. Олоңхо педагогикатыгар саңалыы көрүү, атын өй-санаа мунньулунна5ына, ол тар5аныа5а.
О5о сааһынан уратытын учуоттаан, ойуулаах-бичиктээх, үчүгэй хаачыстыбалаах кинигэлэри билиңңи сайдыылаах үйэ аныгылыы тэриллэрин туһанан, араас пособиелар тахсыахтара.
Онон олоңхо уйаара – кэйээрэ биллибэт киэң киэлититтэн күннээ5и олохпутугар, о5ону иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр сөптөө5үн талан туһанарбытыгар анаан олоңхо педагогикатын түстүө5үң.
Просмотров: 4 | Добавил: olonkho | Рейтинг: 5.0/1 |

Категория: Мои статьи | Добавил: admin (03.03.2008)
Просмотров: 2458 | Рейтинг: 0.0/0 |
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]
Киирии формата
Google
До5отторбут
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright Almaas © 2024