Саха героическай эпоhын Олоңхону чөлүнэн хаалларыы, үөрэтии уонна тэнитии дьаһалларын туһунан Саха Республикатын Президенин Вячеслав Анатольевич Штыров ыйаа5а
Саха сирэ, 2005, 246 №, ахсынньы 30 күнэ
Юнеско 2005 сылга "Киhи аймах тылынан уонна материальнай буолбатах нэhлиэстибэтинэн" биллэрбит саха героическай эпоhыгар - Олоңхо5о аан дойду культуратын эриэккэс пааматынньыгын быһыытынан ураты суолтаны биэрэн, эпоһы чөлүнэн хаалларар, бары өттүнэн үөрэтэр уонна тар5атар, Олоңхо үйэлээх сыаннастарыгар эдэр көлүөнэни тардар туһугар, ону тэңэ норуоттар бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарар инниттэн: 1. Саха Республикатыгар 2006-2015 сыллары Олоңхо Уон сылынан биллэрэргэ. 2. Этнос үгэстэрин тыыннаах илдьэ сылдьааччыларга, баалларын тухары, ый ахсын 33 000 солкуобай кээмэйдээх тус стипендияны аныырга: Томская Дарья Андреевна5а (1913 с. төрүөх), Верхоянскай улууһун Эңэ нэһилиэгэ; Решетников Петр Егоровичка (1929 с. төрүөх), Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтэ. 3. Саха Республикатын Правительствотыгар (Борисов Е.А.): 3.1. Олоңхо5о государственнай өйөбүлү мэктиэлиир аналлаах Саха Республикатын сокуонун бырайыагын оңорорго уонна Саха Республикатын Государственнай Мунньа5ын (Ил Түмэн) көрүүтүгэр киллэрэргэ; 3.2. Государственнай Мунньах (Ил Түмэн) бигэргэтиитигэр Олоңхону чөлүнэн хаалларыыга, үөрэтиигэ уонна тэнитиигэ 2006 - 2015 сс. Государственнай тус сыаллаах программаны бэлэмнээн киллэрэргэ; 3.3 Саха Республикатын Наукаларын академиятын Гуманитарнай чинчийиигэ Киинин тэрийэргэ; 3.4. "Олоңхо театра" культура государственнай учреждениятын тэрийэргэ. 4. Саха Республикатын улуустаа5ы уонна куораттаа5ы муниципальнай тэриллиилэрэ Ыhыа5ы - национальнай бырааhынньыгы Олоңхо чэрчитинэн ыыталларыгар. 5. Саха Республикатын Культура5а уонна духуобунай сайдыыга министерствота (Борисов А.С.)"Саха" Национальнай көрдөрөр - иhитиннэрэр компания (Дьяконов Х.Н.) "CIOFF ЮНЕСКО" фольклорнай фестиваллары ыытыыны сүрүннүүр Аан дойдутаа5ы сэбиэти кытта сөбүлэһиннэрэн "Олоңхо дойдутугар аан дойду культурата" Норуоттар икки ардыларынаа5ы фольклорнай телевизионнай фестивалы ыыталларыгар. 6. Саха Республикатын Үөрэ5ин министерствота (Габышева Ф.В.), Саха Республикатын Наука5а уонна профессиональнай үөрэхтээһиңңэ министерствота (Толстых Г.В.) Олоңхо уhулуччу суолтатын үөрэтиигэ оло5уран үөрэх программаларын уонна үөрэнэр пособиелары оңорор туһугар научнай - чинчийэр бырайыактары бэлэмнээн олоххо киллэрэллэригэр. 7. Бу ыйаах туолуутун хонтуруоллаhыны бэйэбэр хаалларабын.
2005с. ахсынньы 29 күнэ.
|